Дьарык тиэмэтэ: “ Дойдуһа дьон холобурдара”.

«Дьоһуннааҕы кэпсэтии» : X-XI кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах кылаас чааһа.

Дьарык тиэмэтэ: “ Дойдуһа дьон холобурдара”.

Ыытыллар күнэ: Балаҕан ыйын 18 күнэ, 2023 сыл.

Сыала-соруга:

· Дойдуһа дьон, дойдунаат туһунан кэпсэтиһии.

· Зоя Космодемьянская төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, кини олоҕун, хорсун быһыытын туһунан кэпсэтиһии.

· Дьоруойдар – биһиги аттыбытыгар. Арассыыйа Дьоруойдара Алексей Неустроев, Филипп Евсеев туһунан кэпсэтиһии, санаа атастаһыыта.

Үөрэтэр сыаннаһа. Ытык өйдөбүл: Дьоруой дьон – эһиги курдук ыал оҕолоро, үлэһит дьон. Ол эрээри кинилэр дьон, дойду туһугар, сүрэхтэрэ ыйарынан, хорсун быһыыны оҥорон, холобур буолаллар.

Ыытыллар бириэмэтэ: 30 мүнүүтэ.

Дьарык хаамыыта: кэпсэтии, мультимедийнэй матырыйаалларга олоҕуран бииргэ үлэлээһин, тургутугу толоруу.

 

Дьарык тутулун сценарийа

I чааһа. БИЛСИҺИИ

Кэпсэтии ханнык тиэмэҕэ барарын билсиһии.

(5 мүн.)

 

УЧУУТАЛ: Үтүө күнүнэн, оҕолор! Бүгүн биһиги «Дойдуһа дьон холобурдара» диэн тиэмэҕэ кэпсэтиһиэхпит. Ааспыт уруокка дойдуһа киһи диэн кимий, дойдунаат диэн тугуй диэн кэпсэтиһэн ааспыппыт. Оҕолоор, эһиги дойдуһа киһи, дойдунаат диэн өйдөбүллэр сэрии тиэмэтин, дойдуну көмүскээһин эрэ курдук өйдүө суохтааххыт. Эһиги аҕа саастаах дьоҥҥо ытыктабыллаахтык, кыра оҕолорго харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, дойдугут историятын үөрэтэр, бөҕү-сыыһы ыспат, сибэкки, мас олордон, ону харайсар буоллаххытына – эһиги эмиэ дойдуһа оҕолоргут. Киһиэхэ дойдунаат өйдөбүлэ, дойдугар тапталыҥ төрөөбүт сиргиттэн, эн дьиэҥ тэлгэһэтиттэн саҕаланар. Сөбүлэһэҕит дуо, оҕолор?

 

(Оҕолор эппиэттииллэр)

УЧУУТАЛ: Бүгүн дойдуларыгар бэриниилээх, норуот эйэлээх, дьоллоох олоҕун туһугар хорсун быһыыны оҥорбут дьоруой дьон туһунан кэпсэтиэхпит. Кинилэр, дьиҥэ, атын дьонтон уратылара суох, эһиги курдук, ыал оҕолоро, үлэһит дьон. Ол эрээри кинилэр дьон, дойдуларын туһугар, сүрэхтэрэ ыйарынан, хорсун быһыыны оҥорон, холобур буолаллар.